Госдуумаҕа муус устар 1 күнүттэн ким биэнсийэтэ үрдүүрүн эттилэр

Хаартыска: ЯСИА саайта

Россияҕа социальнай биэнсийэ муус устар 1 күнүттэн 7,5 бырыһыан улаатар. Ол туһунан бырабыыталыстыба кулун тутар 5 күнүгэр быһаарда.

Маннык төлөбүрү инбэлииттэр, көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолор, биэнсийэ баала ситэтэ суох кырдьаҕастар уонна да атын категория ылар.

Хас сууманы ыларга суоттанары «Парламентская газета» билистэ.

Кимиэхэ төлөбүр көрүллэр

Социальнай биэнсийэ сылын аайы муус устар 1 күнүгэр индексацияланар, биэнсийэлээх ааспыт сыллааҕы дохуотун үрдээһининэн быһаарыллар.

— страховой биэнсийэни ааҕыыга бигэргэммит ыстааһа аҕыйах буоллаҕына,

— инбэлиит оҕолор уонна инбэлииттээхтэр, страховой ыстаастара суох буоллаҕына,

— төрөппүтүн эбэтэр төрөппүттэрин сүтэрбит, соҕотох ийэ эбэтэр төрөппүттэрэ биллибэт 18-гар диэри саастаах оҕо уонна 23-н туола илик истэн үөрэнэр устудьуон.

Салгыыта https://ysia.ru/v-gosdume-rasskazali-komu-povysyat-pensii-s-1-aprelya/

This post was published on 11.03.2024 10:33 10:33