Госдуумаҕа Дьиэ кэргэн ипотекатын саҥа ыстаапкалара хайдах буолуохтааҕын эттилэр

Хаартыска: Саха сирэ саайт

Госдуума сыл бүтүөр диэри Дьиэ кэргэн ипотекатыгар оҕо ахсааныттан көрөн араарыллыбыт ыстаапканы киллэрэр сокуону ылыныан сөп, суруйда Саха сирэ саайт.

Билигин Госдуумаҕа үс оҕолоох ыалга ыстаапканы 4%-ҥа диэри түһэриини, икки оҕолоох ыалга 6%-ны оннунан хаалларыыны итиэннэ биир оҕолоох ыалга 10 эбэтэр 12%-ҥа диэри үрдэтиини дьүүллэһэллэр диэн РИА-Новостига Госдуума үп-харчы ырыынагар кэмитиэтин баһылыга Анатолий Аксаков иһитиннэрдэ.

Оттон өссө элбэх оҕолоох ыалларга ыстаапка хайдах буолара дьүүллэһиллэ сылдьар. Онон өссө кыччыан сөп.

Дьокутаат оҕо ахсааныттан көрөн Дьиэ кэргэн ипотекатын араарыллыбыт ыстаапкатын киллэрэр сокуон сыл бүтүөр диэри ылыллан, кэлэр сылтан олоххо киириэн сөп, диир.

This post was published on 12.11.2025 13:17 13:17