РФ Госдуматын депутата Галина Данчикова санаатынан, Саха сиригэр тутулла турар онкология киинэ аан дойдутааҕы стандартарыгар эппиэттиир буолан, Уһук Илин уокурукка эрэ буолбакка Сибиир үрдүнэн биир саамай үрдүк технологиянан хааччыллыылаах киин буолуоҕа. Парламентарий тутуу хайдах бара турарын көрөр уочараттаах сырыытыгар Саха сирин Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин салайааччыларын, госзакаасчыт уонна бөдөҥ бэдэрээтчит сулууспаларын кытары көрүстэ.
Саҥа онкологическай диспансер 180 миэстэлээх стационары уонна 210 киһиэхэ анаммыт поликлиниканы ааҕан 25 тыһ. кв миэтирэ иэннээх. Дьиэ түөрт блоктан уонна түөрт этээстэн трар. Билигин салгыны эргитэр систиэмэни таҥа сылдьаллар, дьиэ эркинин кырааскалааллар, линолеуму уонна керамогранитнай плиталары уураллар, тас кирилиэһин, пандустары оҥороллор. Эбийиэк «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак чэрчитинэн тутуллар.
Госдумаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ онкологическай киин тутуута түмүктэнэрин туһунан уурааҕы 2021 сыл сэтинньитигэр ылыммыттара. Бу докумуоҥҥа үбү толору көрөллөрүн туһугар Саха сирин депутата Галина Данчикова туруорсубута.
This post was published on 18.10.2022 13:03 13:03