Госдумаҕа «Үлэ бэтэрээнэ» ааты иҥэриигэ уларытыылары киллэрэллэр

Госдумаҕа «Үлэ бэтэрээнэ» ааты иҥэриигэ уларытыылары киллэрэллэр. Сокуон барылын быһыытынан, «Үлэ бэтэрээнэ» ааты Уһук Хоту эр дьон 35, дьахталлар 30 сыл толору үлэлээбит буоллахтарына ылыахтарын сөп буолуо. Билиҥҥи курдук бочуот грамотатын, мэтээли ирдиэхтэрэ суоҕа. Бу туһунан «Парламентская газета» суруйар.


Сокуон барылын оҥорооччулар истэригэр Галина Данчикова баар.

Билигин «Үлэ бэтэрээнэ» ааты ылар иһин эр киһи 25 сыл, дьахтар 20 сыл үлэлээбит буолуохтаах. Маны таһынан үлэһит хайҕабыл бэлиэлэрдээх буолуохтаах.

Сиһилии манна аах https://ysia.ru/bez-gramot-i-medalej-pravila-prisvoeniya-zvaniya-veteran-truda-mogut-izmenit/

This post was published on 20.07.2020 14:01 14:01