Ааспыт сылга дохуоттара үс гыммыттан биир төгүл намтаабыт дьон потребительскай кирэдьиит, кирэдьиитинэй каарта, автокирэдьиит уонна ипотека төлөбүрүн болдьоҕун алта ыйга диэри саҕарытар кыаҕынан туһаныахтарын син. Онуоха туһанааччы киһи кирэдьиитин рейтингэ эмсэҕэлээбэт, диэн «Парламент хаһыатыгар» Госдума үп-харчы ырыынагын кэмитиэтин баһылыга Анатолий Аксаков иһитиннэрдэ.
Анатолий Аксаков этэринэн, 2022 сылга бэриллэр кирэдьиит сынньалаҥа кирэдьиитинэй историяҕа бэлиэтэниэ эрээри, иэс рейтиҥын буортулуо суоҕа.
«Сокуоҥҥа суруллубутунан маннык сынньалаҥ кирэдьиит историятыгар дьайыа суохтаах», — диэн депутат чуолкайдаата. «Биир куһаҕана диэн маннык түгэҥҥэ кирэдьиити сабар болдьоҕун сынньаммыт ыйын ахсааныынан уһаан биэрэр», — диэн эбэн эттэ.
Кирэдьииттэн сынньалаҥ оҥорторууга чэпчэтиилээх кэм иһигэр бырыһыан ааҕылларын өйдүүр буолуохтааххыт: ипотеканан — дуогабар усулуобуйатынан, потребительскай иэс уонна кирэдьиит картатынан-сүрүн иэс хаалбыт тобоҕор Киин баан туруорбут сүрүн ырыыначнай сыаннаһын 2/3 төлөтөллөр.
This post was published on 11.05.2022 18:01 18:01