Саха сиригэр 12:00 чааска нэһилиэнньэ 18,95% куоластаата. 2011 сыллаахха VI-c ыҥырыылаах Госдума быыбарын кытта тэҥнээтэххэ, дьон көхтөөхтүк кыттар.
Биэс сыл аннараа өттүгэр бу чааска нэһилиэнньэ 15,10% куоластаабыт.
Быыбар киин хамыыһыйатын дааннайдарыгар олоҕурдахха, кэһии тахсыбытын туһунан үҥсүү билиҥҥитэ суох. Госдума дьокутааттарын таһынан олохтоох сокуону оҥорор уорганнар дьокутааттарын уонна муниципалитеттар баһылыктарын талаллар. Саха сиригэр быыбардыыр 811 учаастак үлэлиир, куоластыахтаах дьон испииһэгэр 620 тыһ. киһи киирбит. 6,5 тыһ. киһи болдьоҕу иннинэ куоластаабыттар.
This post was published on 18.09.2016 14:10 14:10