От ыйын 7 күнүгэр Госдума депутаттара үһүс ааҕыыга Арктика зонатыгар урбааны өйүүр туһунан сокуоннары ылыннылар. Бу туһунан СИА иһитиннэрэр.
Сокуоннар Арктика туспа экэнэмиичэскэй зона буоларын мэктиэлиэхтэрэ, биисинэһи тэриниигэ, чуолаан нолуокка араас чэпчэтиилэр баар буолуохтара. Балар Арктикаҕа саҥа тэрилтэлэри, үрдүк хамнастаах үлэ миэстэлэрин тэрийэргэ төһүү буолуохтара.
Сокуоннары таһынан РФ Бырабыыталыстыбата Арктикаҕа үбү-аһы тардар дьоҥҥо кирэдьиит бырыһыанын субсидиялыыры тобулуо.
Маны таһынан сокуоннар Арктикаҕа олорор төрүт олохтоохтор олохторун-дьаһахтарын сайыннарар, көмүскүүр туһунан хас эмэ барыллаахтар. Россия бырабыыталыстыбата олохтоохтор төрүт дьарыктарын өйүүр судаарыстыбаннай көмө бырагырааматын ылыныа. Арктикаҕа уопсастыбаннай сэбиэт тэриллиэ.
Сокуоннары РФ Арктиканы уонна Уһук Илини сайыннарыы министиэристибэтэ Россия президенэ В.Путин быһаарыытынан бэлэмнээбитэ. Докумуоннары РФ бырабыыталыстыбата Госдумаҕа бу сыл олунньутугар киллэрбитэ.
Бу туһунан сиһилии https://ysia.ru/paket-zakonov-o-sisteme-preferentsij-v-arktike-prinyat-gosdumoj/
This post was published on 08.07.2020 10:06 10:06