“Вальмонт” рестораҥҥа арыгы көҥүлэ суох атыылыыра билиннэ. Маны киирбит үҥсүүнэн Госалкогольконтроль быһаарда.
Ресторан салайааччытыгар административнай боротокуолу толордулар, итирдэр утаҕы барытын былдьаатылар Дьыала суукка бэрилиннэ.
«Макс-Трейд» ХЭТ административнай кодекс 17.7 ыстатыйатынан, ол эбэтэр сокуон ирдэбилин салайааччы толорботоҕун иһин уонна арыгыны атыылыыр кэми тутуспатаҕын иһин 50 000 солк. ыстарааптанна.