23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Горнайга "Сэргэлээх" кыбаарталга саҥа дьиэ тутуута саҕаланна

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Горнай улууһугар олус улахан суолталаах, историяҕа киирэр тэрээһин ыытылынна. Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагырааманан саҥа “Сэргэлээх” кыбаартал аһыллыытыгар бастакы сыбаайа турда.

Социальнай суолталаах эбийиэги “ТОМТОР”  ХЭУо тутарга эбэһээтэлистибэ ылынна.

Саха дьонун сиэринэн элбэх кыбартыыралаах дьиэ бастакы түһэр сыбаайата олоҕо тирэхтээх буоллун диэн уонна тутуу этэҥҥэ бардын диэн түһүлдьүт Владимир Акимов алгыс сиэрин-туомун оҥордо.  

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар улуус баһылыга Никита Андреев, Бэрдьигэстээх нэһилиэгин баһылыга Алексей Агунов, “ТОМТОР” генеральнай дириэктэрэ Петр Архипов, уонна “Сэргэлээх” түөлбэ салайааччыта Туйгууна Терентьева.  

Петр Архипов: 

Бу дьиэ 2025 сылга диэри хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагырааматын чэрчитинэн тутуллар. Биһиги тэрилтэ иккис дьиэбитин тутан саҕалаатыбыт.

Ааптар: Дария  Гуляева, «Үлэ күүһэ» хаһыат телеграм-сирэйиттэн ылылынна.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА