Горнайга Петр Васильев үбүлүөйэ таатталары кытта сибээһи олохтоото

Ааспыт субуотаҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, бастакы демократическай быыбарга элбэх куолаһы ылан улуус баһылыгынан быыбарданан ситиһиилээхтик үлэлээбит, билигин улуус уопсастыбаннай Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Петр Иннокентьевич Васильев 80 сааһын туолбутун Горнай улууһун уопсастыбаннаһа бэлиэтээтэ. Маанылаах тэрээһиҥҥэ Таатта улууһун баһылыга Михаил Соров ыалдьыттаата.


Бэрдьигэстээх нэһилиэгин баһылыга Марк Парфенов Семен, Софрон Даниловтар ааттарынан Духуобунас киинигэр Петр Иннокентьевич талба талаанын көрдөрөр быыстапка кэмигэр киниэхэ  «Бэрдьигэстээх нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо» аат иҥэриллибитин туттарда.

Билэр дьон этэринэн, манна үбүлүөйдээччи айбыт-туппут үлэлэриттэн сүрүннээн туоһунан оҥоһуктара туруоруллубуттар. Кэлбит ыалдьыттар бары да олус кэрэхсии, сэргии көрдүлэр. Туоһу кырыйан, араас оһуору тигэн оҥорбута ураты дьикти.
Биир да оскуоманы туттубакка, былыргылыы ыпсаран оҥорбут остуоллара, ханнык баҕарар таһымнаах быыстапка ураты экспонаттарынан буолуон сөп. ССКП райкомугар бииргэ үлэлээбит Эдуард Федорович Данилов: «Бүөтүр ойуурга сылдьар кэмигэр дьикти моһуоннаах мутуктары, силистэри таба көрөн, массыынатыгар уурунан дьиэтигэр аҕалааччы. Олор сүрүннээн хатырыктара эҥин эрэ ылыллан, кыратык чочуллан, туспа ааттаах-суоллаах экспонаттар буолаллар. Онон айылҕабыт барахсан бэйэтэ туспа «норуот маастара» буоларын сөҕө-махтайа көрдөрөр», — диэн кэпсээтэ.

Нэһилиэктэр олохтоохторун ааттарыттан баһылыктар, сорохтор солбуйааччылара кэлэн, араас сылларга Петр Иннокентьевич ыыппыт үйэлээх үлэтин сырдаттылар, махтаннылар, эҕэрдэлээтилэр. Ордук долгутуулаахтык Одуну нэһилиэгин баһылыга Иван Петров эттэ: «Юбиляр «Маҕарас» сопхуоһу бүтүн Саха сирин үрдүнэн биллэр гына өрө таһаарбыта. Кини үлэлээбит үлэтин сыаналаан туран, убаһа бэлэхтиибит», — диэн иһитиннэрдэ.

Петр Иннокентьевич Таатта оройуонугар баран, олус ситиһиилээхтик «Коммунизм» сопхуос дириэктэринэн, агропромышленнай холбоһук бэрэссэдээтэлинэн үлэлээн, умнуллубат өйдөбүлү хаалларбыта. Ол туһунан анаан-минээн бу үбүлүөйгэ кытта кэлбит Таатта улууһун баһылыга Михаил Соров аҕынна, истиҥник эҕэрдэлээтэ.
«Ол саҕаттан ылыллыбыт кирбиилэр, тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаах ситиһиилэр, өрөспүүбүлүкэҕэ билигин даҕаны инники кэккэҕэ сылдьаллар. Горнай улууһун делегациятын уопут атастаһа кэлэргитигэр ыҥырабыт. Туох баар үчүгэйбитин көрдөрүөхпүт. Биһиги бастыҥ уопуппутун Горнайга тарҕатар баҕалаахпыт. Ынах сүөһү ахсаанын 500-тэн тахса төбөнөн эптибит, саҥа 11 хотону туттубут, бэйэбит бюджеппытыгар элбэх үбү көрөбүт, ыанньыксыкка эбии хамнас төлүүбүт», -диэтэ кини.

This post was published on 16.03.2016 16:12 16:12