Горнайга эһэ ыанньыксыттары сайылыктарыттан холдьохто

Быйыл сайын Горнайга хаһааҥҥытааҕар да эһэ мэнээктээһинэ бэлиэтэннэ. Нэһилиэк аайы дьон сэлиэнньэ аттыгар көрөллөрө элбээн, кэлин онно соччо кыһаллыбат да буоллулар. Бу соторутааҕыта Кировскай нэһилиэгэр сайылыкка тыатааҕы киирэ сырытта.


Горнай улууһугар «тыатааҕы» отонньуттар иннилэригэр-кэннилэригэр сылдьан, хойуулаан барбытын хаартыскаҕа түһэрэ-түһэрэ таһаарталаатылар. Эһэлэр сүөһүнү, сылгыны да тардыылара тахсыталаата.

Бэҕэһээ киһи күүппэтэх түгэнэ Кировскай нэһилиэгэр буолла.

Элбэх сүөһүлээх хаһаайыстыба сайылыгын дьоно киэһэ аһыы олордохторуна эмискэ күүлэлэригэр тыас бөҕө буола түспүт. Ким кэлэн баран киирбэтий, туох тыаһаатаҕай диэн ааны арыйан көрбүттэрэ — арай күүлэ иһигэр эһэ киирэн тиҥсирийтэлии сылдьар эбит. Бэрт ыксалынан ааннарын саба охсон, соһуйуу-өмүрүү, куттаныы бөҕө буолбуттар. Кырдьаҕастара туох да буолбатаҕын курдук, айбардыы сылдьыбыт.

Кыратык сүбэлэһэ түһэн баран, ааннарын сэгэтэн сааларынан салгыҥҥа ытарга күһэллибиттэр. Эһэ онно биирдэ куоппут.

Маннык ардай аһыылаах, дэгиэ тыҥырахтаах аттыларыгар сырыттаҕына хайдах да холкутук хонор кыахтара суох буолан, хомуна охсон, массыынанан Аһымаҕа куоппуттар.

Сарсыарда кэлбиттэрэ эһэлэрэ күүлэлэригэр киирэн сөбүлээбитин сиэн, ыһан-тоҕон аҥардастыы айбардаан барбытын харааста, куттана көрбүттэр.

Бу үчүгэйинэн арахсар санаата суох кырдьаҕас буулаабытынан, сайылык дьоно эрдэлээн көһөллөрүгэр тиийбиттэр.

Горнайга быйыл сир аһа үүммэтэҕэ — эһэлэр итинник дьону аймыылларын төрүөтүнэн буолуон сөп.

Ааптар: Василий Алексеев, «Үлэ күүһэ» хаһыат, Горнай улууһа

This post was published on 27.09.2019 12:08 12:08