Манчаары оонньуулара ыытыллар сылыгар национальнай ыстаҥа чемпионатыгар Горнай бэрэстэбиитэлэ Кай Адамов кыайыыны сурунна. Кыһыҥҥы стартка 51 спортсмен кытынна — эр дьон, дьахталлар уонна бэтэрээн эр дьон, СИА суруйда.
Чемпионат «Юность» стадиоҥҥа 29 эр киһини, 10 дьахтары уонна 13 бэтэрээн эр дьону түмтэ. Кылыыга, ыстаҥаҕа, куобахха, үс төгүл үскэ илин-кэлин түһүстүлэр.
Эр дьоҥҥо бастыҥынан Горнай бэрэстэбиитэлэ Кай Адамов буолла. Кылыыга (45,56 м) уонна ыстаҥаҕа (45,87 м) кыһыл көмүс мэтээли иилиннэ. Иккис Яков Дмитриев (44,36 м икки көрүҥэр) Кэбээйи, үһүскэ — Мэҥэ Хаҥаластан Сергей Захаров (44,33 м уонна 44,11 м). Куобахха Андрей Васильев (42,11 м) Тааттаттан бастаата, иккис — Эрэл Тихонов (40,77) Ньурба, боруонсаны Сунтаартан Мичил Яковлев (40,25 м). Кай Адамов бу көрүҥҥэ үһүс миэстэ мэтээлин тутарыгар миэтэрэ аҥара тиийбэтэ.
«Икки мэтээли ыллым, ити эрээри өссө да күүскэ бэлэмнэниэхпин наада. Конкуренция улаата турар, онон Манчаары оонньууларыгар суол быһаарыа. Спартакиадаҕа сүрүн утарсааччыларбынан Яков Дмитриевы, Андрей Васильевы, Ньургун Сокольниковы, Андрей Захаровы ааттыам этэ. Ити эрээри кыайыы иһин элбэх спортсмен тургутуһуон сөп», — диэтэ СИА-ҕа Кай Адамов.
Дьахталларга бастыҥынан Валерия Олесова Хаҥаластан (64,73 м, уопсай суумата), иккис Евгения Адамова (60,15 м) Уус Алдан, өрөспүүбүлүкэ бүгүҥҥү чемпионатын муҥутуур кыайыылааҕын кэргэнэ, Анна Лыткина (Мэҥэ Хаҥалас) 60,11 м үс төгүл үскэ көрдөрөн, боруонсаҕа тигистэ.
Ньурбаттан Виталий Васильев, бэйэтин кэмигэр элбэх рекорду олохтообут спортсмен, бэтэрээннэргэ кыайда. Үс төгүл үскэ 73,77 м: кылыы — 25,3 м, ыстаҥа — 25,06 м, куобах — 23,41 м. Кини кэнниттэн Прокопий Катанов Бүлүүттэн (73,31 м) уонна Андрей Захаров (70,96 м) Мэҥэ Хаҥаластан.
Чемпионат эдэр атлеттар рекорду олохтообуттарынан уратыланна. Уус Алдантан Ньургун Сокольников, ХИФУ-тан кыттыбыт, куобахха 38,56 м түстэ уонна 20-гэр диэри саастаахтарга саҥа планканы туруорда. Валерия Олесова үс төгүл үскэ 18-гар диэри саастаах кыргыттарга рекорд туруорда (64,47 м).
«Өссө биир чемпионат сайын буолуо, онтон саамай кылаабынай күрэхтэһии — Манчаары оонньуулара. Спортсменнар үчүгэй түмүктэри көрдөрөллөрүгэр эрэнэбин. Пандемиянан сибээстээн сүүмэрдиир күрэхтэһии буолбат, онон Оонньуулар буолар күннэригэр эрэ хайдах бэлэмнээх атлет кэлэрин көрүөхпүт», — СИА-ҕа комментарийдаата кылаабынай судьуйа Максим Оегостуров.
This post was published on 22.03.2021 10:32 10:32