Саха сэбиэскэй литературатын төрүттээччи, учуонай, биллиилээх государственнай, политическай уонна общественнай деятель Платон Алексеевич Ойуунускай 1927 сыллаахха от ыйын 28 күнүгэр «Сүүс сыллаах улуу былаан» диэн айымньытын суруйбута. Кини онно 2017 сылга диэри Сахабыт сирин сайдыытын өтө көрөр курдук, түһүмэхтэринэн ырылхайдык ойуулаабыта.
Горнай улууһугар буолбут икки күннээх сессияҕа кыттаачччылар оройуоммутун, өрөспүүбүлүкэни, Россияны кытта сайдыы суолунан тэҥҥэ хаамсарын бэйэлэрин бырайыактарыгар көрдөрдүлэр. Ол кэмҥэ биллэн турар биһиги суох да буолларбыт, кэнэҕэски ыччаппыт олоруохтара, кинилэр сайдыылаах олоҕу түстэһиэхтэрэ турдаҕа.
Сессияҕа кэлбит оскуола үөрэнээччилэрэ, билиҥҥи кыһалҕаны билэ-көрө сылдьалларын бэлиэтиэххэ наада. Холобур, кинилэр бырайыактарыгар инникитин ойуур баһаардарыгар улахан болҕомто ууруллуон наадатын, дьон-сэргэ көмүскэллээх буолуутугар, буруо дьайыытыттан араас көмүскүүр инновационнай ньымалары толкуйдуур наадатын ыйдылар. Аны улууска туризмы сайыннарыыга эмиэ үчүгэй көрүүлээх оҕолор бааллар. Биһиги улууспут өрүһэ суох да буоллар, кэрэ, мааны сирдэригэр, тыытыллыбатах ойууругар хайа баҕарар турист дуоһуйа сынньанар кыахтааҕын бэлиэтээтилэр.
Ыччаттар тыа сиригэр дьон олорор, үлэлиир, сынньанар усулуобуйата тэриллэригэр ордук болҕомтону уурдулар. Хас биирдии улууска ыччат сөбүлээн олохсуйалларыгар бары усулуобуйа тэриллиэхтээҕэ этилиннэ. «Сайдыылаах улуус, нэһилиэк — өрөспүүбүлүкэ инники сайдыыта буоларын умнуо суохтаахпыт» диэн олус сөптөөхтүк бэлиэтииллэр, суруйда Күннэй Алексеева.
This post was published on 16.09.2021 13:01 13:01