Горнай улууһун үс ыраах сытар нэһилиэктэригэр итиэннэ учаастактарыгар 46 киһини биэрэпистээтилэр. Тоҥ Уулаахха 15 киһини, Улуу Сыһыыга – биэс, Харыйалаахха – тоҕус итиэннэ 17 киһини ыраах учаастактарга суруйдулар. Бу туһунан Саха стат суруйар.
Харыйалаахха тоҕус киһини суруйаары биэрэписчит 109 килэмиэтирдээх сиргэ анал тиэхиньикэнэн айаннаан тиийбит. Атын сирдэргэ биэстии чаас айаннаан тиийтэлээбиттэр.
Муус устар 13 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн биэрэписчиттэр 10049 дьиэҕэ сылдьан, 31326 киһини суруйтар. Ити муус устар ыйдааҕы былаан 65,5%.
Эдьигээн улууһугар былаан 70,7% туолбут, Анаабырга — 69,2%, Усуйаанаҕа – 68,2%, Аллара Халымаҕа – 67,9%.
Усуйаана элбэх оҕолоох ыала биэрэписчиттэри национальнай мааны таҥастарын кэтэн көрсүбүттэр.
Бүтэһик биэрэпиһинэн Саха сиригэр 17 тыһ элбэх оҕолоох ыал олорор.
This post was published on 16.04.2021 15:05 15:05