Саха сиригэр номнуо үһүс сылын «доруобуйа харыстабылын бастакы звеноларын модернизациялааһын» региональнай бырагыраама үлэлиир. Бу бырагыраама чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэ үгүс оройуоннара наадалаах оборудованиеларынан, тырааныспарынан уонна медицинскэй тэрилтэлэринэн хааччылыннылар. көһөллөр. Горнай улууһун киин балыыһатын кылаабынай бырааһын солбуйааччы Татьяна Юмшанова Горнай оройуонугар бырагыраама олоххо киириитин туһунан СИА-ҕа кэпсээтэ.
«Быйыл биһиги балыыһабытыгар В кылаастаах массыына биэрдилэр, бу тырааныспар көмөтүнэн, Солоҕон нэһилиэгэр санитарнай көмөнү оҥоруохпут», — диэн быраас чопчулаата.
Маны таһынан, оройуоннааҕы балыыһаҕа уһук сытар нэһилиэккэ саҥа амбулатория тутуутун тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр: «Кэптин нэһилиэгэр балыыһа монтажтааһына түмүктэннэ. Бу дэриэбинэ оройуон кииниттэн 180 км. ыраах сытар уонна уустук суоллаах- иистээх».
This post was published on 10.08.2023 09:35 09:35