Горнай улууһун олохтоохторо индюк иитэн, сыалай тыһаҕас этин саҕаны ыллылар

Хаартыска: Үлэ күүһэ

Горнай улууһун Одунутугар сылын ахсын түргэнник ситэр салаа кыылларын ыаллар ииттэллэрэ элбээн иһэр. Ол курдук, Ада Аянитова хас сылын ахсын куурусса, бройлер (куурусса), хаас, индюк ииттэр. Быйыл 10 куурусса, 10 бройлер, 5 хаас, 5 индюк ылан, сайын устата көрөн-истэн кэллилэр, диэн «Үлэ күүһэ» хаһыат суруйар.

Күһүҥҥү бастакы күннэригэр кинилэр идэһэлэнэн, 5 индюктан 75 кг эт ыллылар. Быһа холоон биир индюк 19 кг буолла. Итинэн көрдөххө, сыалай тыһаҕас этин саҕа ыйааһын таҕыста. Оттон биир бройлер ортотунан этинэн 3,5 кг тэҥнэстэ.

Хаартыска: Үлэ күүһэ

Кырдьык бу түргэнник ситэр салаа кыылларын (бройлер,индюк) үчүгэйдик бүөбэйдэһэн улаатыннардахха биир ыал кыстыыр этин булунуон сөп эбит диэн санааҕа кэлэҕин.

This post was published on 03.09.2024 12:26 12:26