Октябрьскай нэһилиэгэр улуус баһылыга Никита Андреев тиийэн олохтоохтору кытта көрүстэ. Тыа сирин олохтооҕун тыҥаан турар ыйытыыларыгар эппиэттээтэ, этиилэрин иһиттэ.
Олохтоохтор ордук үүт харчытын, оттооһун, күрүө тутуутугар, сир оҥоруутугар көмө көрүллэрин, улууска суол оҥоруута хайдах баран иһэрин о.д.а. туһунан ыйыттылар. Биригээдэнэн оттооһун тэриллиэн сөптөөҕүн ыйдылар. Бэтэрээннэр балаҕан туттарар баҕа санаалаахтарын эттилэр.
Октябрьскай нэһилиэгэр билигин сүрүн үлэ сири бас билиигэ суруттарыы буолар. Олохтоохтор сирдэрин 80%-нын докумуоннаппыттар, онон улууска бастыҥ көрдөрүүлээхтэр. Бу үлэ хаамыытын улуус баһылыга тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Маны сэргэ араас бырагыраамаларга үлэ көхтөөҕө этилиннэ. Ол курдук, «Саҥа саҕалааччы фермер» бырагыраамаҕа Егор Жирков, Дьулус Оленов 1 500 тыһ.солк субсидияҕа киирсибиттэр. Николай Николаев улуус бырагырааматынан 60 000 солк. субсидияны хотон тутуутугар ылбыт. С.Г.Ковров аатынан Күөрэлээх орто оскуолата агро-оскуола статуһун ылары ситиспит.
Нэһилиэнньэ көҕөрдүү үлэтигэр көхтөөх. Сотору-сотору субуотунньуктар ыытыллаллар. Итиэннэ баҕа өттүлэринэн Чохос үрэҕин муостатын өрөмүөннээтилэр, саҥа уулусса арыйдылар, онно Дарья Жиркова аата иҥэрилиннэ. Сэлиэнньэ иһинээҕи суолун өрөмүөннээһиҥҥэ 628 тыһ.солк. көрүллүбүт. П.Аввакумов аатынан уулуссаҕа 9 уот остуолбатын туруорбуттар, кабель тардыллыбыт. Дьиэ тутуутугар Евгения, Николай Ноговицыннар 1 150 тыс.солк. субсидия ылбыттар. Аныгылыы спортивнай балаһаакка оҥоһуллар. Урбаанньыт Марианна Петрова саҥа бэкээринэ арынан үлэлэтэр. Киниэхэ 100 тыһ. субсидия биэрбиттэринэн, анал тэрил ылбыт. Күҥҥэ 100 килиэби оҥорон таһаарар, сыаната 50 солк.
Билиҥҥи кэмҥэ үгүс уопсастыбаннай тэрилтэлэр суолталара үрдүүр. Октябрьскайдар онтон да туора турбаттар. «Хардыы» коммерческайа суох тэрилтэ гражданскай уопсастыба институттарын сайыннарыы министиэристибэтигэр регистрацияланна. Онон кинилэр араас куоҥкурустарга, граннарга кыттар кыахтаннылар.
Улуус баһылыга Никита Андреев ыраас уу ылар миэстэтин тутууга үлэ барыахтааҕын эппитин олохтоохтор сөбүлүү иһиттилэр. «Кэлэр сылга үлэҕэ киириэн сөп. Бырайыага оҥоһуллубута. Уопсайа 659,7 тыһ. солк суумалаах үлэ барыахтаах«, — диэтэ баһылык.
This post was published on 19.07.2016 18:18 18:18