Горнай улууһун кыһыл көмүс сыбаайбалаахтарыгар "Дьиэ кэргэн килбиэнэ" бэлиэ туттарылынна

Бэҕэһээ Аан дойдутааҕы Дьиэ кэргэн күнүгэр 50 сыл бииргэ олорбут Захар, Любовь Павловтары эҕэрдэлээтилэр. 

ГТАС Горнайдааҕы салаатын салайааччыта Аэлита Андреева Ил Дархан Эҕэрдэ суругун, «Дьиэ кэргэн килбиэнэ» бэлиэни туттарда.

Кинилэр Улуус бочуотун кинигэтигэр киирдилэр.

Захар Егорович өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр рационализатор, Любовь Петровна өр кэмҥэ үөрэҕирии эйгэтигэр үлэлээбитэ, РФ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах  бэтэрээнэ буолаллар. Кинилэр үс оҕолоохтор, элбэх сиэннээхтэр.

Павловтар Дьиэ кэргэттэрин Кыһыл көмүс сыбаайбаҕытынан итиитик- истиҥник эҕэрдэлиибит, суруйда Үлэ күүһэ хаһыат.

@silatrudagorny

This post was published on 16.05.2024 16:02 16:02