Горнай улууһун дьаһалтата СВО кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр муус ылан биэрдэ

Быстах байыаннай хомуурга барбыт дьону өйүүр «Бары бииргэ» диэн аахсыйа Горнай улууһугар салҕанар. Ол курдук, улуус дьаһалтата эмиэ туора турбакка, хомуурга ыҥырыллан барбыт байыастар дьиэ кэргэттэригэр муус ылан биэрдэ диэн НВК Саха телеграм-ханаал суруйар.

«Үтүө санаанан салайтаран, маннык ыарахан түгэҥҥэ өйдөөн, көмө-өйөбүл буолбут дьоммутугар махталбытын тиэрдэбит! Үтүөҕүт бэйэҕитигэр сүүс төгүл үтүөнэн эргиллэн кэллин!», — диэн анал байыаннай дьайыыга сылдьар байыастар төрөппүттэрэ, аймахтара махтал тылларын тиэрдэллэр.

This post was published on 22.11.2023 12:43 12:43