Төрөөбүт тылбыт дьылҕатын туһугар кыһанар дьон Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕэр «Саха тылын сайдыыта» түмсүү тэрийдилэр. Түмсүү туһунан Л.Е. Лукина аатынан Эбии үөрэхтээһин киинин директора Ирина Куприяновна Ковровалыын кэпсэттибит.
— Ирина Куприяновна, түмсүү туһунан сырдатыаххыт дуо?
— Саха тыла кэнэҕэски ыччаппытыгар умнулла быһыытыйан эрэр диэммит түмсүү тэрийэн үлэбитин саҕалаан эрэбит. Ыччаппыт төрүт саҥатын баһылыырыгар, төрүт култуурабытын, төрүттэрбит үгэстэрин, сиэрдэрин-туомнарын билэригэр сыал-сорук туруорабыт.
1990-с сылларга, саха кэнсиэпсийэтэ киирэригэр, төрүт култуурабытын, тылбытын сайыннарыыга күүстээх үлэ барбыта. Онтон билигин, аныгы үйэ тэтимигэр, сытыы кыһалҕа үөскээтэ — сахалыы ыраастык саҥарбаппыт. Ону көннөрүүгэ бэйэбит ылсыахпытын наада.
— Түмсүү үлэтигэр туох былааннааххытый?
— Саха тылын сөргүтэргэ ситимнээх үлэ наада. Нэһилиэк тэрилтэлэрэ бииргэ көмөлөөн биир былаан оҥоруохпут. Билигин, быһа барыллаан эттэххэ, былааҥҥа «Саха КВН», сахалыы ойуулуктарга өрөспүүбүлүкэтээҕи «Айар аартык» бэстибээл, «Айар кут биһигэ» дьиэ кэргэн бэстибээлэ, «Остуоруйа эйгэтин тэрийии» бырайыак толкуйдуу сылдьабыт.
Дьиэ кэргэн бэстибээлэ олунньу ый 13 күнүгэр тэрийээри сылдьабыт. Бэстибээл тыл күнүгэр, дойдубутугар дьиэ кэргэн сылыгар туһаайыылаах буолуоҕа. Бу күн сахалыы тыыннаах блогердары, улууспутуттан ыалдьыттары ыҥыраары сылдьабыт.
— Сахалыы ыраастык, толорутук саҥарарга туохтан саҕалыахха сөбүй?
— Сахалыы тылланыы, сахалыы толкуй барыта кыраттан саҕаланар. Холобур, куйаар ситимигэр оҕолор нууччалыы тыллаах ойуулуктар оннугар сахалыы тылбаастаммыт ойуулуктары көрүөхтэрин сөп: «Үс куоска», «Кырачааннар» уонна д.а.
Сахалыы тыл эйгэтэ дьиэ иһигэр үөскүүр диэн өссө бэлиэтиэххэ сөп. Холобур, оҕолор ыраастык саҥаралларыгар эбээлэр-эһээлэр саҥарар саҥалара, туттар тыллара тыыннаах холобур буолуон сөп. Төрөппүт бириэмэни бииргэ атаарарга, оҕону гаджеттан тэйитэргэ дьулуһуохтаах.
— Бу түмсүүгэ кимнээх киирдилэр?
— «Саха тылын сайдыыта» түмсүүгэ нэһилиэкпит араас салааларыттан бэрэстэбиитэллэр киирдилэр: оскуола, редакция, култуура, түмэл, эбии үөрэхтээһин, нэһилиэк дьаһалтата. Былааннаммыт форум кэнниттэн тылбыт сүппэтин туһугар эт дууһатынан ыалдьар дьон түмсүүгэ киириэхтэрэ диэн эрэллээхпит.
Бүтэһик кэмҥэ саха тылын сөргүтэр кыһалҕа өссө күүскэ күөрэйэн тахсан иһэр. Кырдьык, ийэ тылбытынан саҥарар култуурабыт намтаан иһэр. Улахан дьон элбэх нууччалыы кыбытыктары туттара сэдэҕэ суох. Онтон оҕолору ылар буоллахха, оҕо аныгы үйэ тэтимигэр оҕустаран, гаджеттары кытта тэҥҥэ улаатан нууччалыы толкуйдуур, саҥарар-иҥэрэр буолан иһэр. Бэлиэтииллэринэн, сэттистэн аллараа кылаас оҕолоро нууччалыыллара баһыйар. Маны биһиги хайдах көннөрүөхпүтүн сөбүй, диэн суруйда СИА-ҕа Анастасия Сергеева, П.Д.Аввакумов аатынан Киин библиотека бибилэтиэкэрэ, Горнай улууһа.
This post was published on 30.01.2024 09:35 09:35