Горнай улууһугар тыатааҕы дьахтарга саба түстэ

Горнай оройуонун Мытаах нэһилиэгиттэн 10 км тэйиччи сиргэ  бэнидиэнньик күн тыатааҕы дьахтарга саба түстэ. СИА-ҕа биллэрбиттэринэн эчэйиини ылбыт дьахтар оройуон киин балыыһатыгар киирбит, туруга орто степеннээх курдук сыаналанар.

Эһэ дьахтар уу баһа сырыттаҕына саба түспүт. Кини ыһыытын истэн эрэ көмөлөһө кэлбит, дэлби хаһыытаан уонна илиитинэн далбаатаан адьырҕа кыылы тыа диэки үүрбүт.

«Биһиги киһиэхэ саба түспүт эһэни бултаһарга лицензия ылыахтаахпыт. Кыыл ойуурга куотта. Бу сылга бу бастакы түгэн», — диэн Горнай оройуонун дьаһалтатыгар иһитиннэрдилэр.

This post was published on 15.08.2023 12:45 12:45