Горнай Маҕараһын олохтооҕо Вера Лиханова кэмпиэт-пастила оҥоруутунан дьарыктанар. Ахсынньы ыйга кини бородууксуйата урбаанньыттар икки ардыларыгар ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи «Бизнес–Экспо” куонкуруска “Бастыҥ ассортимент» диэн көрүҥҥэ бастаан турар. Минньигэс ас Москва, Иваново куораттарга атыыга таҕыста.
Горнай улууһун отонуттан, моонньоҕонуттан, хаптаҕаһыттан уо.д.а сир аһын арааһыттан минньигэс пастила оҥорон саҕалааччы, Маҕарас маанылаах кийиитэ, Тааттаттан төрүттээх урбаанньыт Вера Лиханова бородууксуйатын туһунан кэпсээтэ.
– Мин кыра оҕолоохпун, инньэ гынан оҕобор хаачыстыбалаах аһы, битэмиини сиэппит киһи диэн санааттан үлэм саҕаламмыта. Бэйэм оҕуруоппар клубника, арбуз, дыня үүннэрэбин. Оҕолорум олус сөбүлээн сииллэр. Ону кыһыҥҥы кэмҥэ хайдах хаһааммыт киһи диэн толкуйдаан, оһоххо хатаран оҥорбуппун сонно тута бүтэрэн кэбиспиттэрэ. Күһүн хомуйбут сирим аһын, отону хатарар ньыманан боруобалыахха диэн, харчы мунньунан, анал оһох (дегидратор) сакаастаабытым. Онно 13 чаас устата 50 кыраадыс итиигэ сиигин көтүтэн, бүөбэйдээн оҥоһуллар.
Билигин сэттэ араас көрүҥү отон, хаптаҕас, моонньоҕон, клубника, малина уо.д а сир аһыттан пастилалары оҥорон таһаарар. Манна 95 % битэмиинин хаачыстыбата бэйэтинэн хааларын кэпсиир. Оһоххо биир угууттан 10-тан тахса пастила ылар. Бу дьыалата анал сертификаттаах, ойуутун-бичигин, дизайнын оҥорон “Алаас ахтылҕана» диэн ааттаабыт.
Вера Лиханова иһитиннэрбитинэн, билигин сакалаат оҥорон эрэллэр. Саха чэй тэрилтэтин кытта дуогабардаһан үлэлииллэр. Саха сиригэр үүнэр оттортон чэй оҥорон таһаараллар. Чэйдээх, пастилалаах “Бэлэх” нобуор таҥан ырыынакка таһаарбыттар. Сыаната 550 солк.
Аэлита Андреева, https://ulus.media/2020/01/16/gornaj-urbaannytyn-kempiete-kie-ejge-e-tahsar/
This post was published on 16.01.2020 16:51 16:51