Горнай улууһугар эһэ киһини тардыбыта бигэргэммэтэ

“Горнай улууһун Кировскай нэһилиэгэр тыатааҕы киһини тардыбыт” диэн сурах өрөспүүбүлүкэни тилийэ көттө. Ол эрээри, кэлин биллибитинэн, хара тыа хаһаайына киһини тыыннаахтыы сиэбэтэх, эрдэ өлбүтүн булан тыыппыт диэн буолла.


Айылҕа харыстабылын миниистирин солбуйааччы Николай Додохов иһитиннэрбитинэн, “Мээнэ” бааһынай хаһаайыстыбатын хаһаайына С. олунньу ыйтан дьоҥҥо бэйэтин биллэрэ илик эбит. Кини сайылыкка соҕотоҕун олорбут. Аймахтара от ыйын 6 күнүгэр полицияҕа тыллаабыттар. Улуустааҕы айылҕа харыстабылын кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Родион Сергеев бэйэтинэн баран, быһылаан тахсыбыт сирин көрбүт. Дьиэ иһигэр истиэнэ халандаарын илииһэ олунньу ыйтан быһылла илик, оттон хотоҥҥо алта сүөһү өлөн сыталлар үһү.

Онон эһэ өлүк сытын ылан, киирэн “хаһаайыннаабыт” буолуон сөп. Ол да буоллар, тыатааҕыны бултуурга көҥүл бэриллибит, булчуттар биригээдэлэрэ тэриллибит. Горнай улууһун атын да нэһилиэктэригэр онно-манна эһэни көрбүттэр диэн сурах иһиллэр.

This post was published on 14.07.2016 15:42 15:42