Бу сайын улуус баһылыга Никита Андреев салайааччылаах делегация үөрэх салаатыгар, туристическай эйгэҕэ каадырдары атастаһыыга, тыл-өс хайысхатыгар дьыалабыай сибээһи олохтооһун боппуруостарын дьүүллэспиттэрэ, Үлэ күүһэ ТГ-ханаал суруйар.
Балаҕан ыйын 18-27 күннэригэр улууспутуттан 15 үөрэнээччи Хуньчунь куоракка үөрэх хайысхатын чэрчитинэн бара сырытта. Оҕолор Улуу Кытай норуотун култууратын, үгэһин билсэн, кэрэ-бэлиэ сирдэри көрөн, олус сөбүлээбиттэр.
Бүгүн улуус баһылыга Никита Андреев Кытайга бара сылдьыбыт оҕолору, үөрэх салайааччыларын, төрөппүттэри кытта көрүстэ, санааларын иһиттэ, сүбэ-ама биэрдэ.