От ыйын 8 күнүгэр Өрт бөһүөлэгиттэн 10 км. (көнө туһаайыынан) ыраах сытар Хатыҥнаах-Байыҥа хайысхатынан турбут 52 нүөмэрдээх ойуур баһаара бөһүөлэктэн 2 км. Дьэкиим өтөҕө, Ньамахсыннаах, Хоппо үрэҕэ, Саһыл үрүйэ сирдэринэн чугаһаан турар. Бастакы күнүттэн саҕалаан, тутатына, олохтоохтор күн аайы 10-15 киьи буолан күрдьэҕинэн бэйэлэрин күүстэрин умулларыыга сылдьыбыттара.
От ыйын 10 күнүгэр Баатаҕай базатын «Авиалесоохрана» 19 байыаһа кэлбиттэрэ. Төһө даҕаны, түүннэри-күнүстэри утуйбакка, илиинэн үлэлээн баһаары эргийбиттэрин иһин, булууктаах трактор суоҕа үлэни атахтыыра.
От ыйын 11 күнүгэр, «Шамту» трактор траллынан тиэллэн Солоҕоҥҥо кэлэн иһэн атын дьаһал ылыллан, Мытаахха хаалар. Бөһүөлэккэ баар Захаров П.Н. эргэ ДТ-75, «Силээн» сылгы базатыгар турар Народов В.В. ДТ-75 трактордарыгар сапчаас сакаастаан, өрөмүөннээн, 16 чыыһылаҕа баһаары утары үлэҕэ сүрүн күүс буолбуттара.
Ол күн күүстээх тыал түһэн баһаар уота олус түргэнник бөһүөлэккэ чугаһаан, айылҕа харыстабылын министиэристибэтин департаменын салайааччытын солбуйааччы Кычкин И.И., ГАУ «Якутлесресурс» директора Дьулустаан Хон кэлэн вертолетунан облеттаан, көрөн былааннаан барбыттара.
Былааннаах үлэ түмүгэр ГСМ, 2 булуук, ТЛ-4 трактор кэлэн үлэлээтилэр. Амурскай уобаластан парашютнай-десантнай баһаарынай сулууспа 9 байыастара кэлэн түспүттэрэ.
Дьокуускай куораттан Ил Дархан ыҥырыытын өйөөн, министиэристибэлэртэн, биэдэмистибэлэртэн 40 баҕа өттүнэн көмөлөһөөччүлэр манабылга сырыттылар.
Нам уонна Бэрдьигэстээх баһаарынай чаастарыттан 3-түү экипажтаах 2 баһаарынай массыына бөһүөлэк харабылыгар сылдьаллар.
«СахаСпецТранс» тэрилтэттэн симиэнэнэн уопсайа 4 водовоз массыына үлэлээтэ. Билиҥҥи туругунан булууктаах трактордарынан бөһүөлэк чугаһынааҕы өттүнэн, баһаары эргийэ булууктааһын үлэтэ, утары уот ыытааһын, баһаар уотун манааһын үлэтэ ыытыллар.
Механизатордардары, суоппардары, баһаарга сылдьар байыастары итии аһылыгы буһарыыга, уунан хааччыйыыга эдэр ийэлэр, тэрилтэ үлэһиттэрэ дьуһуурустубанан үлэлээн, күүс-көмө буоллулар. Олохтоох хаһаайкаларыттан бурдук ас, утах быстыбакка кэлэр.
От ыйын 15 күнүттэн ыҥырыы таһааран, өрөспүүбүлүкэбит блогердара, Бэрдьигэстээххэ олорор биир дойдулаахтарбыт, урбаанньыттар, биирдиилээн дьон түмсүүлээхтэрин биллэрэннэр олус улахан тугунан да сыаналаммат көмөнү оҥордулар. Ууну ыһар РЛОларынан, генератордарынан, балааккаларынан, бензопилаларынан, респиратордарынан, ачыкыларынан, бэрчээккэлэринэн, күрдьэхтэринэн, рацияларынан, бородууктанан, килиэбинэн, бытыыккалаах уунан хааччыйдылар, күүс-көмө, өйөбүл буоллулар.
Өрөспүүбүлүкэбит салалтатыгар, тэрилтэлэригэр, амарах санаалаах бар дьоммутугар махталбыт муҥура суох.