Одуну нэһилиэгин Маҕарас бөһүөлэгэр иккис төгүлүн ыытыллыбыт «ОДУНУФЕСТ-2023» бэстибээл өрөспүүбүлүкэ бастыҥ уопсастыбаннай түмсүүлэрин, түөлбэлэр көхтөөх дьоннорун, «СитиМ» сайдыы кииннэрин лидердарын түмтэ.
Уопсастыбаннай көҕүлээһин, нэһилиэктэр сайдыыларыгар киэҥ кэскиллээх кэпсэтии таҕыста. Кэпсэтиигэ Горнай улууһун баһылыга Никита Андреев, өрөспүүбүлүкэ ыччатын миниистирэ Петр Шамаев, Одуну нэһилиэгин баһылыга Владимир Текеянов, «Харысхал» аһымал фонда дириэктэрэ Любовь Клюкина, «СитиМ» өрөспүүбүлүкэтээҕи сайдыы кииннэрин салайааччыта Иван Степанов уонна Санкт- Петербургтан общественнай түмсүүлэр кииннэрин салайааччыта Максим Никитинский, мустубут дьон нэһилиэктэр сайдыыларын саҥа көрүҥнэрин уонна ньымаларын дьүүллэстилэр. Ол иһигэр дьону биир сомоҕо буолууга, саҥаны айыыга санаалар, этиилэр резолюцияҕа киирдилэр.
Өрөспүүбүлүкүтээҕи ТОС-тар ассоциациаларын бэрэссэдээтэлэ Ксения Васильева, Бэрдьигэстээх нэһилиэгин «Урдэл» ТОС салайааччыта Светлана Люфа, улуус коммерческайа суох тэрилтэлэрэ «Росток» общественнай тэрилтэттэн Марианна Николаева, Ангелина Бережнова, «Маленькие снегири» общественнай тэрилтэттэн Василина Черепанова бастыҥ уопуттарын кэпсээтилэр, атын улуустары кытта сибээс олохтоотулар.
Былаас общественнай көҕүлээһини олус өйүүр. Нэһилиэктэри сайыннарыыга олохтоох дьону түмүү билигин бириэмэ ирдэбилэ буолла, СИА-ҕа суруйда Айталина Санникова.
This post was published on 05.06.2023 14:02 14:02