Горнай Бэс Күөлүгэр дьиэлэр сыбаайалара түһэннэр, холлоҕосторун тутуу саҕаламмыт. Бүгүн нэһилиэккэ Ил Дархан Айсен Николаев үлэлээтэ.
Дьиэлэри тутуу кыраапык быһыытынан баран иһэр. Бу туһунан бастакы вице-премьер Дмитрий Бердников иһитиннэрдэ. Бүгүн, балаҕан ыйын 6 күнүгэр бүтэһик 34-с дьиэ сыбаайата түһэн бүтүө. 18 дьиэ кэмпилиэгэ бүтэн, таҥыы үлэтэ саҕаламмыт.
Дьиэлэри 10 бэдэрээтчит тутар. Тутуу былаһааккатыгар күннэтэ 100 киһи, 13 тиэхиникэ үлэлиир.
Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ уопсайа 10 эбийиэги, ол иһигэр үһү – сайылыкка тутуо. Бүгүҥҥү күҥҥэ биир хотон тутуллан бүппүт. Түөрт эбийиэк акылаата түспүт, атыттар – сыбаайалара.
Айсен Николаев үлэ бу хаамыынан бардаҕына олохтоохтор кэмигэр дьиэлэригэр киириэхтэрин, хотонноругар сүөһүлэрин баайыахтарын эттэ.
This post was published on 06.09.2021 17:01 17:01