Горнай улууһун Бэс Күөлүн сэлиэнньэтигэр киирбит баһаарга 10 хотон, 8 ньирэй, 1 бороон, 8 сибиинньэ, 20 куурусса, 123 хоруолук, 9,5 км уһуннаах бааһына күрүөтэ, 14 тиэхиникэ уонна оборудование уокка былдьанна. Бу туһунан СИА Горнай улууһун «Үлэ күүһэ» хаһыатыгар сигэнэн суруйар.
Ойуур баһаардара сэлиэнньэлэргэ, хаһаайыстыбаларга таһаарбыт хоромньуларын туһунан акт тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр ыытыллыбыт. Бу туһунан »СӨ сири оҥорууга сулууспата» ГБУ Горнай улууһугар агронома Роман Филиппов иһитиннэрэр.
Маны таһынан, Атамай, Бэрдьигэстээх, Октябрьскай, Одуну, Маалтааны нэһилиэктэригэр буолуталаабыт баһаардарга, барыта, 497 тн от умайбытын туһунан акт оҥоһулунна. Улуус үрдүнэн төһө ходуһа сир, үүтээн уокка былдьаммыттарын туһунан билигин учуот бара турар.
Сиһилии манна билис https://www.instagram.com/p/CS_1Wp-M_Y0/
This post was published on 26.08.2021 15:01 15:01