Горнай алта нэһилиэгэр быыбардааччы 100 % куоластаата

Хаартыска: Үлэ күүһэ хаһыат телеграм-ханаала

Кулун тутар 15, 16, 17 күннэригэр Дойдубут Бэрэсидьиэнин талар быыбарга Горнай улууһун олохтоохторо көхтөөхтүк кытыннылар. Улахан быыбардарга олохтоохтор кыттыыларын ахсаанынан 85,79 % көрдөрөн, өрөспүүбүлүкэҕэ төрдүс миэстэни ыллыбыт.

Улуус 6 нэһилиэгэр нэһилиэнньэ 100 % куоластаата:

Октябрьскай нэһилиэгэ -100%
Атамай нэһилиэгэ -100%
Маҥаны нэһилиэгэ-100%
Маалтааны нэһилиэгэ-100%
Одуну нэһилиэгэ-100%
Солоҕон нэһилиэгэ-100%

Путин Владимир Владимировиһы талыыга 5321 (91,24%) быыбардааччы куоластаата. Оттон Харитонов Н.М.-217 (3,73%), Даванков В.А.-188 (3,23%), Слуцкай Л.Э. — 53 (0,91%)
быыбардааччы куоластаата, суруйда @silatrudagorny

This post was published on 18.03.2024 14:01 14:01