Оскуола дириэктэрэ, Гонконг олимпийскай кэмитиэтин уонна спортивнай федерациятын чилиэнэ, тас оскуолалар спортка кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Мартин Лай Винг Чун СИА кэрэспэдьиэнигэр мантан инньэ кини хамаандата «Азия оҕолоругар» куруук кыттар былааннааҕын кэпсээтэ.
«Манна кэлиэм иннинэ интернетинэн Саха сирин туһунан үөрэппитим. Мин санаабыппынааҕар дьиҥнээх олоххо өссө ордук буолан биэрдэ. Бу мин бастакы сырыым Уһук Илиҥҥэ. Азиаттар хайдах олороллорун билбэт да этим. Россия диэн миэхэ Москва эрэ уобараһыгар көстөрө», — диэтэ Мартин Лай Винг Чун.
Гонконг хамаандатын үгүс оҕотугар Оонньууга кыттыы норуоттар икки ардыларынааҕы сибээскэ бастакы холонуулара.
«Биһиги манна икки күнү быһа көтөн кэллибит. Сөмөлүөккэ 24 чаас буоллубут. Ыарахан гынан баран, түргэнник турукпутугар киирдибит. Оҕолор эппиэтинэстэрин өйдүүллэр. Тоҕо диэтэххэ, норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһиигэ бу бастакы кыттыыбыт», — диэтэ салайааччы.
Кини этэринэн, «Азия оҕолоро» Оонньуу норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыан тупсуутугар олус күүстээх дьайыылаах. «Спорка бэлиитикэ суох, кини дойдулары холботолуур, дьону, култуураны билиһиннэрэр аналлаах. Мин элбэх сиргэ сылдьыбыт киһибин, ити эрээри маннык истиҥ ыалдьытымсах сыһыаны көрө иликпин. Бастакы сирэйдэри кытта: Егор Борисовтыын, Галина Данчиковалыын, Дмитрий Глушколуун көрүстүм. Миниистирдэри, тренердэри, спортсменнары, уонна бу эйигин кытта кэпсэтэ турабын. Олус бэрт!», — диэтэ кини.
Харбааһыҥҥа Гонконг хамаандата түөрт мэтээли ылла — биир «кыһыл», үс «боруонса». «Бу биһиги оҕолорбутугар улахан ситиһии. Хас күн аайы маннык улахан таһымнаах күрэхтэһиигэ кыттыбаппыт. Билигин хас биирдии Оонньууга кыттар буолуохпут», — тоһоҕолоон бэлиэтээтэ Мартин Лай Винг Чун.
Гонконг бэрэстэбиитэлэ эппитинэн, биир соҕотох кыһалҕанан климакка үөрэнии буолла. Хамсыы турар халлаан туруга: күнүскү итии, түүҥҥү сөрүүн оҕолорго олус дьайбыт.
«Сайын маннык буоллаҕына, кыһын туох буоларын сэрэйэбин эрэ. Миэхэ маннык тыйыс усулуобуйалаах айылҕалаах сиргэ олоруу ыарахан буолуо этэ«, — диэн Лай Винг Чун күллэ.
Кини сахалыы аһы сөбүлээбитин эттэ. «Кыһыллыбыт балыгы сиэтим. Олус минньигэс! Мин балыгы таптыыбын. Эһиэхэ элбэх эбит уонна наһаа минньигэс. Оҕолору олус бэркэ аһаталлар, тэрээһин олус үчүгэй, барагытыгар махтал!»
This post was published on 10.07.2016 09:23 09:23