Голикова: Коронавируска тест ааһыыта регионнарга босхо буолуоҕа

Россия регионнарын лабораторияларыгар коронавирус инфекциятыгар тест ааһыыта босхо оҥоһуллуоҕа. Бу туһунан РФ вице-премьера Татьяна Голикова РИА Новости эттэ, диэн СИА иһитиннэрэр.


Бэнидиэнньик күн, Татьяна Голикова иһитиннэрбитинэн, Роспотребнадзорга коронавируһу диагностикалыырга тест-ситими регионнарга туруоралларыгар сорудах бэриллибит. Лабораториялар дьону бэрэбиэркэлииргэ бэлэмнэр. Бу дьаһал нэһилиэнньэ кэмигэр тест ааһарыгар эбии кыаҕы үөскэтиэҕэ.

«Оннук», — диэтэ Голикова суруналыыстарга, маннык тестар босхо оҥоһуллаллар дуо диэн ыйытыы киирбитигэр.

This post was published on 17.03.2020 13:06 13:06