Гинцбург: вакцинация булгуччулаах буолуохтаах

Гамалеи аатынан НИЦ дириэктэрэ Алекандр Гинцбург, хамсык ыарыыны утары вакцинаны булгуччулаах гынан, национальнай таһымнаах быһыы халандаарыгар киллэрэр оруннааҕын бэлиэтээтэ. Сир үрдүнэн 70-75% киһи быһыыны ыллаҕына эрэ, бу сыстыганнаах ыарыыны кыайар кыахтаахпыт диэн бэлиэтээтэ. Бу туһунан ТАСС суруйар.

Маны таһынн, Гинцбургтөрөппүттэр оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн быһыыны ыларга үөрэтиэхтээхтэр” диэн бэлиэтээтэ, “дьону-сэргэни кытары алтыһар, уопсастыбаҕа наадыйа киһи син биир маннык миэрэни ылыныахтаах”.

Тоҕо диэтэргин эн бэйэҥ доруобуйаҕын харыстаабат да буоллаххына, вакциналаммакка сылдьаҥҥын, атын дьоҥҥо кутталы үөскэтэҕин. Онон вакциналамматахтар, уопасастыбыннай сиргэ кирдээх илиилээх сылдьардарга, эбэтэр силлэрин кыаны туттубат дьоҥҥо майгынныыллар”, — диэн дириэктэр санаатын ситэрэн биэрдэ.

Муннуга кутуллар вакцина туһунан

Муннуга кутуллар вакцина баар буолуоҕа диэн эрдэ этиллибитэ, ол эрээри бу көннөрү быһыыттан босхолуур вакцина буолбатах. Маннык көрүҥ киһи айаҕын уонна муннун вирустан эбии харыстыыр сыаллаах.

Муннуга кутуллар вакцина көннөрүнү солбуйбатын туһунан Гинцбург өссс төгүл тоһоҕолоото. “Мунну уонна хаан уратыта элбэх. Онон хайдах даҕаны бэйэ бэйэлэрин солбуйсубуттар. Муннуга кутуллар вакцина эбии харыстыыр аналлах. Тоҕо диэтэргин вирус маҥнайгы уочарат киһи тыынар уорганнарынан киирэр”, — диэн быһаарда.

Мунну вакцинатын үлэҕэ киллэрэргэ, бэрэбиэркэлииргэ уонна тупсарарга эбии үп наадатын эттилэр. «Барыта этэҥҥэ буоллаҕына, 2022 сыл бүтэрин күүппэккэ, сыл ортотун диэки бастакы холонуулары оҥоруо этибит», диэн дириэктэр бэлиэтиир.

Саҥа көрүҥ вакцинаны 2021 сыл бүтүүтэ, эбэтэр 2022 сыл саҕаланыыта регистрацияны ааһыан сөп диэбиттэрэ. Билигин Арассыыйа доруобуйатын харастабыла вакцина иккис төгүллээх клиническай чинчийиилэрин көҥүллээтэ.

This post was published on 11.11.2021 15:01 15:01