Дойду үгүс регионнарыгар QR-код системата киирэн турар, ирдэбил эпидобстановканы тупсарар сыаллаах. Бу туһунан ТАСС суруйар.
«Арассыыйа 80% олохтохторо вакцина ыла иликтэринэ, бу кытаанах эрэһиими тутуһар оруннаах. Атын дойдулар холобурдарынан көрдөххө, QR-кодка кытаанах сыһыан туһалаах ньыма буолар. Дьон элбэх киһи мустар сиригэр сылдьаары, куорат инфраструктуратынан толору туһанаары түргэнник вакциналанар”, — диэн Гамалеи аатынан киин дириэктэрэ Алекандр Гинцбург биллэрдэ.
Эрдэ, Арассыыйа вице-премьера Татьяна Голикова элбэх киһи баҕа өттүнэн вакциналаммат буолан, дойдуга хамсык ыарыы көрдөрүүтэ үрдүү турарын бэлиэтээбитэ. Кини этэринэн, ааспыт эрэ нэдиэлэ устата сыстыганнаах ыарыыга хаптарар дьон ахсаана 15,5% үрдээбит. 35 региоҥҥа ыарыы орто көрдөрүүнү таһынан барбыт, 17 региоҥҥа хамсык ыарыыттан өлөр киһи ахсаана элбээбит.
Санатабыт:
Бүгүҥҥүттэн Дьокуускайга QR-код сертификатын спорт-сынньалаҥ тэрилтэлэригэр, фитнес-кулууптарга, эрчиллэр саалаларга, бассейннарга, сабыылаах манежтарга, хайыһар базаларыгар, хаҥкылыыр катоктарга, ГТО туттарар кииннэргэ көрдүөхтэрэ.
This post was published on 25.10.2021 11:03 11:03