"Гидрометцентр" муус устарга халлаан туругун кэпсээтэ

Муус устарга элбэх сөҥүү хотугулуу-илин, Урал уокуругар, Хабаровскайга, Саха сиригэр уонна Красноярскай кыраайга түһэрэ күүтүллэр. Ол туһунан «Гидрометцентр» научнай салайааччыта Роман Вильфанд суруналыыстарга кэпсээтэ.


Вильфанд эппитинэн, сорох регионнарга муус устарга сөҥүү түһүүтэ нуорматтан намыһах буолуоҕа.

«Европейскай Россия соҕуруутугар, Киин федеральнай уокурук саамай соҕуруутугар, Соҕуруулуу федеральнай уокурук, Краснодарскай кыраай, Ставрополье, Нижняй Волга — манна сөҥүү түһүүтэ кыра. Маны сэргэ Красноярскай кыраай хоту өттүгэр уонна Туваҕа, Забайкальеҕа», — диэтэ кини.

This post was published on 01.04.2021 10:31 10:31