Ким, төһө болдьохтоох массыынатын техническай көрүүтүн аһардыахтааҕый? Кими, хаһан уонна хайдах массыына диагностыыр каартата суоҕун иһин буруйдуохтарын сөбүй? Ыйытыыларга Россия ИДьМ Госавтоинспекциятын начаалынньыгын солбуйааччыта Владимир Кузин хоруйдаата, суруйар Российская газета.
Владимир Кузин быһаарбытынан, суолга куттал суох буолуутун сокуонугар олоҕуран, тырааныспардар техническэй көрүүнү ааһыахтаахтар. Сүрүн балаһыанньанан, көрүүнү ааспатах техника суолга тахсара бобуулаах.
«Техосмотр» сокуона ханнык тырааныспардар төһө болдьоҕунан көрүүнү ааһалларын быһаарар.
Көрүүнү ааспаттар: 3,5 туоннаны аһардыбат легковой, грузовой массыыналар, мототырааныспар. Балар оҥоһуллан тахсыбыттара 4 сыл иһинэн буолуохтаах.
This post was published on 27.01.2022 15:01 15:01