Герцен аатынан Арассыыйа педагогическай университетын Хотугу норуоттарын института төрөөбүт тыллар учууталларын бэлэмнээн саҕалыа. Бу туһунан СӨ Арктиканы сайыннарыыга уонна хотугу норуоттар дьыалаларыгар министиэристибэ иһитиннэрэр.
Бу сыл сэтинньитигэр институтка бэлэмнэнии салаата аһыллыа. Истээччилэр сэттэ ый устата биир кэлим эксээмэни (БКЭ) туттарарга, салгыы институтка үөрэнэргэ уһуллуохтара.
Бэлэмнэнии салаатыгар үөрэниэн баҕалаахтары эрэгийиэннэртэн сайаапканан ылыахтара. Үөрэх босхо. Ону таһынан үрдүк стипендия, аһылыкка босуобуйа, үөрэнэр сиргэ кэлиигэ-барыыга бырайыас төлөнүө. Үөрэнээччилэр уопсайга босхо олоруохтара.
Бу сылтан институт «төрөөбүт тыл учуутала – нуучча тылын учуутала» уонна «культурология учуутала – история учуутала» идэлэргэ бакалавриат бырагырааматынан үлэтин саҕалыа.
Герцен аатынан Арассыыйа педагогическай университетын Хотугу норуоттарын института 90 сыл устата этнопедагогика, этнофилология уонна этнокультурология хайысхаларыгар исписэлиистэри бэлэмниир. Хоту дойду аҕыйах ахсааннаах омуктарын научнай-педагогическай каадырдара хоту эрэгийиэннэрин үөрэх, култуура, наука, уопсастыбаннай олоҕор үлэлииллэр.
This post was published on 19.05.2021 11:01 11:01