Быйыл саха саллааттарыттан бастакынан Сэбиэскэй Сойуус Геройа буолбут, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Федор Кузьмич Попов төрөөбүтэ 100 сылын туолар. Маны сэргэ Герой аатын сүгэр Баатаратааҕы орто оскуола 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир.
Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэрин көрсө бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко Федор Попов дойдутугар Мэҥэ-Хаҥалас Сыымах нэһилиэгэр сырытта. Андрей Тарасенко Баатаратааҕы орто оскуолаҕа сырытта, оскуола иһинэн үлэлиир кадеттар интэринээттэрин үлэтин кытары билистэ. Федор Попов пааматынньыгар сибэкки уурда итиэннэ Герой олоҕун билиһиннэрэр мусуойга сырытта.
Учууталлар, үөрэнээччилэр «Вечная слава Героям» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи конференция, «Снежный барс» байыаннай-спортивнай оонньуу ыытаары бэлэмнэнэ сылдьалларын кэпсээтилэр.
Сыымахха Андрей Тарасенко Герой 100 сааһын бэлиэтиир тэрээһиннэри ыытыы туһунан Ил Түмэн дьокутааттара, министиэристибэлэр, уопсастыбанньыктар кыттыылаах мунньах ыытта. Федор Кузьмич аатын үйэтитэр тэрээһиннэр сыл устата ыытыллыахтарын дьүүллэстилэр.
Федор Кузьмич Попов 1921 сыл ахсынньы 8 күнүгэр төрөөбүт. 1942 с. бэс ыйыгар сэриигэ барбыта. Автоматчиктар куурустарын бүтэрэн, 61-с аармыйа 81-с стрелковай дивизиятын 467-с стрелковай полкатын 1-кы батальонун 3-с ротатын байыаһа буолбут.
1943 с. алтынньы 1 күнүгэр Глушец диэн дэриэбинэ аттыгар биир бастакыннан Днепр өрүһү туораан тахсар. Өстөөх траншеяларыгар бастакынан ыстанан тиийэн илиинэн охсуһуу кэмигэр пулеметтарын былдьыыр. Бу охсуһууга 23 ниэмэс саллаатын уонна офицеры охторор. Уонунан ааҕыллар өстөөхтөр хос атаакаларын төттөрү охсор. Бэйэтин подразделениетын өрүһү туоруурун хааччыйар. Бу кэнниттэн уонча күн буолбут быыстала суох кыдыйсыыларга 70 ниэмэһи өлөрбүт.
Ити кыргыһыыга Федор Кузьмич ыараханнык бааһырар уонна 1943 сыл алтынньы 13 күнүгэр госпитальга өлбүт. Белоруссия Гомель уобалаһын Лоев оройуонун Дерожичи дэриэбинэтигэр көмүллүбүт.
ССРС Үрдүкү Сүбэтин Президиумун 1944 сыл тохсунньу 15 күнүнээҕи Ыйааҕынан, байыаннай сорудахтары көрдөрүүлээхтик толоруутун уонна өстөөхтөрү кытта кыргыһыыларга хорсун, геройдуу быһыытын иһин, кыһыл армеец Попов Федор Кузьмичка өлбүтүн кэннэ Сэбиэскэй Сойуус Геройун аата иҥэриллибитэ.
Федор Попов «Кыһыл көмүс Сулус» мэтээл, Ленин уордьанын хаһаайына, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун ытык киһитэ.
This post was published on 20.02.2021 11:03 11:03