Саха сиригэр Герасимовтар дьиэ кэргэн «Күннүк» онус сиэрийэтин таһаардылар. Манна оҕолор да, улахаттар да айылҕаны кэтээн көрүүлэрин суруйаллар. Үбүлүөйдээх дневниккэ 2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн бэлиэтээһин саҕаланар.
Күннүк ааптара Александр Герасимов кэпсииринэн, кини кэргэнинээн Маргариталыын 2016 сылтан маннык дневнигы оҥорон таһаараллар. Быйыл үбүлүөйдээх сыл. Халлаан туругун, тыал хайысхатын, былыттаах күнү, сөҥүүнү 2025 сыл устата бэлиэтиэхтэрин сөп. Маннык систиэмэлээх үлэ болҕомтолоох буолууга, билиигэ, тэрээһиннээх буолууга, ырытарга, айылҕаҕа тапталга угуйар. Оҕо күннүгү толоро олорон, гаджеттан арахсан, тулалыыр эйгэтин чинчийэр», – диэтэ кини.
Чинчийиилэрин түмүгүнэн оҕолор «Инникигэ хардыы» научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ кытталлар.
Үбүлүөйдээх таһаарыы 2000 экземплярынан бэчээттэннэ.