Күн бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ 273 тыһ. биэнсийэлээх олорор. Ааһан эрэр сыл устата судаарыстыба бары социальнай эбэһээтэлистибэтин толорбут. Биэнсийэ икки төгүллээн үрдээбитэ. Кэлэр сылга төһө эбиллиэҕэй? Бу туһунан РФ биэнсийэҕэ пуондатын Саха сиринээҕи салаатын управляющайа Георгий Степанов суруналыыстар ыйытыыларыгар хоруйдууругар иһитиннэрдэ, диэн Саха сирэ суруйар.
“Быйылгы сыл уратыта диэн, социальнай уонна страховой биэнсийэлэр иккистээн үрдээбиттэрэ. Бастакытын тохсунньу 1 күнүгэр үрдэппиппит. Страховой биэнсийэ — 8,6 %, муус устартан социальнай биэнсийэ эмиэ 8,6 % үрдээбиттэрэ. Онтон дойду үрдүнэн бүрүүкээбит социальнай-экэнэмиичэскэй балаһыанньаны учуоттаан, бэс ыйын 1 күнүттэн иккис 10%-наах индексация оҥоһуллубута. Инбэлииттэргэ көрүллэр ыйдааҕы харчынан төлөбүр (ЕДВ) олунньуга эмиэ эбиллэн турар.
Биэнсийэ кэлэр сылга эмиэ индексацияланыаҕа. Страховой биэнсийэ өрүү буоларын курдук, тохсунньу 1 күнүттэн барыллаан 4,8 % эбиллиэхтээх диэн быллааннанан турар”, — диэн иһитиннэрдэ.
Ааптар: Людмила Попова
This post was published on 15.12.2022 18:01 18:01