Кулун тутар ыйга Биэнсийэ фондата айфон уонна андроид платформалаах төлөпүөннэргэ аналлаах мобильнай сыһыарыыны арыйбыта. Бу – үлэлии турар сайт кыччатыллыбыт көрүҥэ буолар.
Сыһыарыыны хачайдаан баран, хармааҥҥар укта сылдьан, интэриэһиргиир боппуруостаргар харда ылыаххын сөп. Холобур, тус кабинеккар киирэн, биэнсийэҥ кээмэйэ төһө буолбутун, хас бааллааххын, ханнык докумуоннар ирдэнэллэрин, төлөпүөннэр нүөмэрдэрин, о.д.а. билиэххин сөп. Ону тэҥэ, Биэнсийэ фондатын управлениета бары социальнай ситимнэргэ баар.
“Электроннай сервис – сайдыы көрүҥэ, инники үлэбит торума”, — диэн Биэнсийэ фондатын Саха сиринээҕи салаатын салайааччы Георгий Степанов пресс-кэмпириэнсийэ кэмигэр тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Владимир Путин 2012 с. ыам ыйынааҕы ыйааҕар электроннай өҥөлөрү элбэтэр туһунан этиллибитэ. 2018 сылга бары муниципальнай өҥөлөр 70 %-ра электроннайга көһүөхтээх. Онон Биэнсийэ фондатыгар бу хайысханан үлэ көхтөөхтүк саҕаламмыта.
Быйыл фонда оҥорор өҥөтүн 78%-на электроннай сервис нөҥүө барар. Барыта өҥө 20 көрүҥүн оҥорор буоллахтарына, онтон 18-һа Элбэх өҥөнү оҥорор киин (МФЦ) нөҥүө ааһар.
Биэнсийэ фондатын сайтыгар (pfrp.ru) баар Тус кабинекка киирэргэ судаарыстыбаннай өҥө сайтын (gosuslugi.ru) парола эмиэ туһаныллар.
Урут фонда дьиэтигэр халыҥ уочарат халҕаһалыы анньар буоллаҕына, кэнники кэмҥэ лаппа аҕыйаата. Итиннэ дьон көмпүүтэртэн киирэн наадаларын быһаарсыылара эмиэ оруоллаах. Ол курдук, урут элбэх докумуону ирдиир буоллахтарына, билигин ол испииһэгэ аҕыйаата — сороҕун электроннай көрүҥүнэн быһа ылаллар.
Холобур, Субсидияны биэрэр агентствоны кытта дуогабар түһэрсии түмүгэр, биэнсийэ туһунан ыспыраапканы интэриниэтинэн быһа ыытар буоллулар. Урут сылга иккитэ ол ыспыраапканы ылаары, уочарат хаҥыы түһэрэ. Оттон билигин биэнсийэлээх төттөрү-таары сылдьан, уочаракка туран бириэмэтин бараабат. Ол түмүгэр уочарат биллэ чарааһаата.
“Биэнсийэлээхтэри көмпүүтэргэ үөрэтэн саҕалаабыппыт. Сорохтор итини туһата суох диэн утарбыттара. Ол эрээри, ити барыта уочарат аҕыйыырыгар, электроннай өҥөнөн туһанааччы элбииригэр, дьоҥҥо туһалаах буоларыгар ананар үлэ”, —— диэн Георгий Михайлович этэр.
This post was published on 12.04.2017 11:28 11:28