Италия киин куоратын аатын, Швеция ханна баарын билбэт киһи элбэх, хомойуох иһин. Сахабыт сиригэр хас улуус баарын тута этээччи да ахсааннаах. Ол иһин нэһилиэнньэ бу эйгэҕэ билиитин хаҥатар сыалтан Өрөспүүбүлүкэтээҕи IV-с географическай бэстибээл кулун тутар 21-23 күннэригэр буола турар.
Бу тэрээһин Саха сиригэр Нуучча географическай түмсүүтүн 105 сылыгар ананар. Былыр тоһуттар тымныыттан, силлиэттэн-буурҕаттан саллыбат, сыарҕалаах атынан сири, Сибиири бүтүннүү арыйбыт улуу айанньыттар баар буоланнар, биһиги дойдубут Арассыыйа эбэ хотун каартатыгар киирдэҕэ.
Нуучча географическай түмсүүтэ аан бастаан XIX үйэ 50-ус сылларын саҥаларыгар тэриллибитэ. 1851 с. Иркутскайга бу түмсүү Сибиирдээҕи салаатын иһигэр Саха сирин уобалаһа киирбитэ. 1877 с. Илиҥҥи Сибиир диэн ааттаммыта. Онтон саха дьоно киэн туттар чулуу уолаттара Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Исидор Барахов туруорсаннар, өрөспүүбүлүкэ төрүттэммитэ.
Бүгүҥҥү бэстибээл оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо интэриэһинэй гына оҥоһуллан, бэрт киэҥ далааһыннаахтык ыытылла турар. 187 киһи «Мин төрөөбүт Сахам сирэ» диэн дойдуларын төһө билэллэрин тургутар географическай диктант суруйдулар. Эдэр ыччат «Тыһыынча арыылар» диэн кибиэст-оонньууга биэстии бөлөх буолан кыттан, араас сорудах толордулар.
«Аан дойду тыһыынча кырааската» диэн географическай брейн-рииҥҥэ оскуола, лиссиэй, гимназия үөрэнээччилэрэ уонна устудьуоннар хамаандалара күрэхтэстилэр. Ону таһынан, бэстибээл кыттыылаахтара «Арассыыйа – мин историям» диэн историческай пааркаҕа экскурсияҕа сырыттылар. Идэтийбит айанньыты, биллэр режиссеру, документальнай киинэ сценариһын, Нуучча географическай түмсүүтүн чилиэнин Андрей И кытта көрүстүлэр.
Экология-география салаатын устудьуоннара уонна орто үөрэх үрдүкү кылааһын үөрэнээччилэрэ климат уларыйыытыгар, картография оҥоһуутугар, туризмы сайыннарыыга санааларын үллэһиннилэр.
Уу күнүгэр — кулун тутар 22 күнүгэр — Сайсары күөлгэ «Күөх лиэнтэ» диэн аахсыйа ыытыллан, күөл уутун түгэх өртүн кислородунан байытарга устудьуоннар аэрация оҥорон, ойбон аллардылар.
«Саха сирин саҕахтара» диэн хаартыскаҕа түһэрии күрэҕэр биэс түһүмэхтэринэн арахсан, «Инстаграмҥа» сааһыттан хааччаҕа суох баҕалаах дьон бары кытыннылар. Бастыҥ хаартыскалар бэчээттэнэн, «Арассыыйа – мин историям» историческай пааркаҕа быыстапкаҕа киирдилэр.
Кулун тутар 23 күнүгэр үгэс быһыытынан метеоролог күнэ бэлиэтэнэр. Бэстибээл кыттыылаахтара «Чочур Мыраан» эколого-этнографическай кииҥҥэ метеорология мусуойун үөрүүлээх аһыллыытыгар сырыттылар. Манна хонууга тахсан метеорологическай кэтээн көрүүгэ маастар-кылаас, айылҕаҕа көрдөөх кибиэст-оонньуу ыытылынна, сибиэһэй салгыҥҥа сүүрэ-көтө сырыттахха, полевой куукуна аһа саамай минньигэс уонна тотоойу буолан бар дьону астыннарда.
Кэлиҥҥи кэмҥэ араас сорудахтары толорон, сөптөөх суолу тобуларга кибиэст оонньууну эдэр ыччат сөбүлээн, уопсайа сүүсчэкэ киһи көхтөөхтүк кытынна. Үс күн ыытыллыбыт географическай бэстибээл улахан түһүлгэтигэр 400 киһи кыттан, сири-дойдуну, тулалыыр эйгэни кэтээн көрөр билиилэрин тургутустулар.
This post was published on 23.03.2018 15:35 15:35