Генпрокуратура дойду уон шахтатын бэрэбиэркэлиэҕэ. Саха сирэ эмиэ испииһэккэ баар

РФ генборокурора Игорь Краснов дойду 10 чохтоох регионнарыгар шахталары бэрэбиэркэлииргэ сорудахтаата. Бу туһунан РФ бэрэсэдьиэнэ Владимир Путин Кузбасска буолбут быһылааҥҥа аналлаах мунньахха иһитиннэрдэ.

«Сокуону тутуспат буолуу элбээбитинэн сибээстээн, дойду 10 чох хостонор регионнарыгар шахталарга киэҥ, олохтоох бэрэбиэркэни ыытарга быһаарынным», — диэн Игорь Краснов бэлиэтээтэ, диэн ТАСС суруйар.

Мунньах түмүгүнэн, Комига, Саха сиригэр, Тываҕа, Приморскай уонна Хабаровскай кыраайдарга, Самарскай, Сахалинскай, Ростовскай, Челябинскай уобаластарга уонна Чукоткаҕа шахталары чинчийэн көрүөхтэрэ.

This post was published on 03.12.2021 13:01 13:01