Үөгэҥҥэ бастакы оскуола аатыгар өйдөбүнньүк бэлиэ туруорулунна

Быйыл Томпо улууһун Үөгэнигэр маҥнайгы оскуола аһыллыбыта 90 сылын туолар. Үөрэх кыһата төрүттэммит сиригэр өйдөбүнньүк бэлиэ туруорулунна.


1931 сыллаахха, алтынньы 1 күнүгэр, Үөгэннээҕи оскуола «Чөкө» алааһыгар Павлов Иван Афанасьевич чааһынай дьиэтигэр үлэтин саҕалаабыта. Бастакы учууталынан олохтоох киһи, комсомолец, 7 кылаас үөрэхтээх Семён Васильевич Толбонов үлэлээбитэ.

Оскуола аһыллыбыт сиригэр өйдөбүнньүк бэлиэни балаҕан ыйын 14 күнүгэр «Чөкө» алааһыгар туруорулунна. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ оскуола үөрэнээччилэрэ, үлэһиттэрэ, төрөппүттэр, нэһилиэк олохтоохторо кытыннылар. Дуосканы арыйар чиэс үлэ бэтэрээннэригэр А. З. Гоголеваҕа, М. В. Андрееваҕа, С. Е. Матаркиҥҥа тигистэ.

Юрий Кузьмин ырыатын-тойугун мустубут дьон кэрэхсээн иһиттилэр. Бу дьоро күнү А. А. Павлов оскуола тэриллибит историятын сиһилии билиһиннэрдэ, суруйда Алексей Павлов
@tompo_vestnik

This post was published on 15.09.2021 11:03 11:03