«Газ в каждый дом» саҥа информационнай бырайыак үлэтин саҕалаата

Саҥа информационнай онлайн-ресурс Россияҕа гаастааһын бырагыраамата хайдах үлэлиирин аһаҕастык көрдөрүөҕэ. Гааһы туттуу, бастыҥ практикалар, холобурдар тустарынан кэпсиэҕэ.

Порталга экспертэр комментарийдара, сонуннар, ыстатыйалар, туһалаах сүбэлэр баар буолуохтара. Социальнай гаастааһыҥҥа бырагыраамаҕа кыттааччылар сайаапкаларын биэриэхтэрин сөп. Холобур, киһи олорор нэһилиэнньэлээх пууна гаастааһын бырагырааматыгар киирбитин дуу, суоҕун дуу эмиэ бу порталга көрөр кыахтаах.

«Быйыл «Сахатранснефтегаз» хампаанньа социальнай гаастааһыҥҥа ылыммыт былаанын толорор кыахтаахтык үлэлиир. Бастакы былаанынан бырагырааманан 1800 дьиэ хабыллыахтаах буолаҕына, 2023 сылга 2100 Саха сирин олохтооҕо хабыллар буолла», – диэтэ генеральнай дириэктэр Алексей Колодезников.

Сиһилдии https://ysia.ru/zapushhen-novyj-informatsionnyj-proekt-gaz-v-kazhdyj-dom/

This post was published on 08.06.2023 12:01 12:01