Ил Түмэн ЛДПР фракциятын салайааччыта Гаврил Парахин Госдума дьокутаата буолла. РФ киин быыбардыыр хамыыһыйата Госдума урукку дьокутаата Александр Курдюмов аһаҕас турар мандатын киниэхэ биэрдэ. Бу туһунан ЛДПР саайтыгар суруллубут.
Хамыыһыйа быһаарыытынан Гаврил Парахиҥҥа Госдума дьокутаатын дастабырыанньата туттарыллыбыт. ЛДПР дьокутаата аллара палатаҕа Саха сирин, Камчатканы, Чукотканы, Магадан уобалаһын итиэннэ Хабаровскай кыраайы сирэйдиэ.
«Москубаҕа көһөр былааным суох, пленарнай мунньахтарга сылдьыам. Бастатан туран, Саха сиригэр нолуок баттыгын кыччатарга үлэлэһэр санаалаахпын», — диэбит Гаврил Парахин.
Дьокутаат элбэхтик Уһук Илиҥҥэ, Саха сиригэр «дьон күннээҕи кыһалҕатын» билээри үлэлиир баҕалааҕын иһитиннэрдэ.
This post was published on 15.04.2021 12:06 12:06