Саха сирэ Госдумаҕа икки дьокутааттанар буолла. РЛДП өрөспүүбүлүкэтээҕи салаатын салайааччыта Гаврил Парахин мандаата суох хаалла. Ити туһунан кини СИА-ҕа эттэ.
«Миэхэ Иван Абрамов (Амур уобалаһыттан кандидат РЛДП регионнааҕы испииһэгэр бастакы нүөмэринэн турар) бэҕэһээ киэһэ мин Госдумаҕа ааспатаҕым туһунан эппитэ. Биллэн турар, хомойдум. Биһиги бас-көс туттар салайааччыбыт Владимир Жириновскай эрэннэрбитэ. Арааһа, быыбар киин хамыыһыйата ороосто быһылаах», — диир Гаврил Парахин.
Буолан ааспыт быыбарга Парахин быыбардааччы 6,8% куолаһын ылбыта. Уһук Илин регионнааҕы испииһэккэ Иван Абрамов кэнниттэн иккис турара. Онон Госдумаҕа Саха сириттэн икки дьокутаат баар буолар — Галина Данчикова уонна Федот Тумусов.