Өрөспүүбүлүкэ ОДьКХ ГУТ үбүн туругун тупсарыыга ылыллыбыт миэрэлэр былаан быһыытынан баран иһэллэр. Билигин олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар бөдөҥ тэрилтэ оҥорон таһаарыытын көрдөрүүлэрэ бигэргэннилэр, тиһиктээх хонтуруол бэрээдэгэ олохтонно, ороскуоту кыччатыы саҕаланна. Ол туһунан СИА-ҕа хаһаайыстыба миниистирэ Гаврил Левин иһитиннэрдэ.
«Тэрилтэ быыстала суох үлэлиир. Билигин кредит иэһин аҕыйатыы барар. Соторутааҕыта 2016 сыл үлэтин түмүгүн ырыппыппыт. Ортонон сыаналыыбыт. 15 мөл.солк. барыстаах сылы түмүктээбиппит. Онон тэрилтэ экономикатын балаһыанньа биир кэм«, — диэн эттэ миниистир.
Үп өттүнэн ыарахан балаһыанньа былырыын тэрилтэ иэс ылбыт харчытын төннөрүүтүн болдьоҕо ыган кэлбитигэр саҕаламмыта. Ол иннинэ 2014 сылтан мониторинг ыытыллара. Бэрэбиэркэ көрдөрөрүнэн, кырдьык, хаһаайыстыба аһара кирэдьииккэ киирбит. Ону сэргэ, иннинээҕи тарыыптарга тэрилтэ 2,2 млрд.солк. ороскуота учуоттамматах. Ол туһунан Сыана судаарыстыбаннай кэмитиэтин быһаарыыта баар. Саахалы туоратар туһуттан хочуолунайдар, ититэр, уу ситимнэрэ тутуллубуттар.
«Бу миэрэлэр бүтэһик биэс сылга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн саахал тахсыытын түөрт төгүл кыччаттылар, технологическай кэһиини икки төгүл аҕыйаттылар, хочуолунайдар кыамталарын сэттэ төгүл улаатыннардылар. Энергия эбиллэр, ол түмүгэр билигин биирдиилээн ыал дьиэлэрэ киин ититэр ситимҥэ холбонор«, — диэтэ агентство кэпсэтээччитэ.
Маны сэргэ үбүлээһин источнига суох эрээри 5,5 млрд.солк. үлэ хаһаайыстыбанан оҥоһуллубут. Дириҥ ырытыы кэнниттэн, ааспыт сылга тэрилтэни судаарыстыба өттүттэн өйүүргэ быһаарыы тахсыбыта. 2016 сыл алтынньытыгар бырабыыталыстыба хаһаайыстыбаны бөҕөргөтүүгэ былаан ылыммыта. Онон, ааспыт сыллааҕы тэрилтэ ночоотун сабыыга 1,34 млрд.солк. уонна коммунальнай комплекс харгыһа суох үлэтин хааччыйыыга көрсүбүт ороскуотун уйунарыгар 2,1 млрд.солк. субсидия көрүллүбүтэ.
Билигин ылыллыбыт былаан быһыытынан, 1,15 млрд.солк. тыырылынна. Тэрилтэ уматыгы тириэрдиигэ судаарыстыба мэктиэлээх 3,6 млрд.солк. коммерческай кирэдьиит ыларга бэлэмнэнэр. Маны сэргэ 550 мөл.солк. бюджеттан иэс биэрии боппуруоһа эмиэ көрүллэр.
«Тэрилтэ ааспыт сылы 6,8 млрд.солк. кирэдьииккэ иэстээх саппыта. Ол 2017 сылга көһөн биэрбитэ. Билигин ол сууманы 4,4 млрд.солк. диэри кыччаттыбыт. Санация 2016-2018 сылларга аттарыллан турар. Бу кэми ааһыахтаахпыт уонна тэрилтэни бөҕөргөтүүгэ күүскэ үлэлиэхтээхпит«, — диэн быһаарда Гаврил Левин.
This post was published on 22.06.2017 10:30 10:30