Дэниэлтэн маннык эҕэрдэни тутар туһуттан, бэстибээл тэрийээччилэрэ сыл аҥарын инниттэн кэпсэтиини саҕалаабыттар. Бастаан бу киинэ Арассыыйаҕа баар дистрибьютердарын кытары кэпсэтэн, быһаччы артыыс агеннарын кытта кэпсэтиини ыытары ситиспиттэр. Онтон бүтэһиктээх быһаарыныыны Дэниэл Рэдклиф бэйэтэ ылыммыт. Туох да төлөбүрү көрдөөбөккө, босхо уһулларга сөбүлэспит. Уһук Хоту кини фанаттара олороллорун сэргээн, сөбүлэспит буолуохтаах.
“Эҕэрдэ, Дьокуускай! Мин Ykt Geek Fest курдук тэрээһиннэр баалларыттан дьоллоохпун, онно ким баҕарар популярнай култуураҕа, киинэлэргэ тапталын биллэрэр, бэйэтин көрдөрөр кыахтаах. Ону тэҥэ, мин аан дойдуга саамай хотугу фанаттарбын эҕэрдэлиирбиттэн олус үөрэбин! Барыгытыгар бирибиэт! “Опасное задание” диэн саҥа киинэбин көрүөххүт диэн эрэнэбин. Сыыһа саҥардахпына, бырастыы гыныҥ: Уруй-айхал!», — диэн кини этэр.
Ykt Geek Fest бэстибээл атырдьах ыйын 26 күнүгэр “Дохсун” спорткомплекска буолар. Бу бэстибээлгэ киинэ дьоруойдарын таҥастарын таҥнан кэлэн күрэстэһэллэр, ыччакка араас интэриэһинэй тэрээһиннэр буолаллар.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru