Галина Давыдова «Ый кыыһа» остуоруйа матыыбынан хаартыската дьон сэҥээриитин ылла

Тааттаҕа олорор хаартыскаҕа түһэрээччи Галина Давыдова «Ый кыыһа» хаартыскатын бэйэтин Instagram-ыгар таһаарда. Сахалыы остуоруйа матыыбыгар олоҕуран оҥоһуллубут дьүһүйүүнү дьон сэҥээрдэ.


«Биир томороон тымныы киэһэҕэ Саатыыр диэн ааттаах кыыс сордоох-муҥнаах олоҕуттан уонна кииринньэҥ ийэтиттэн куотарга санаммыт. Ый кыыс куруутун түүннэри үлэлиирин көрөн аһыммыт. Үрүҥ көмүс кирилиэһи түһэрэн, кыыһы бэйэтигэр ылбыт», — диэн ааптар бэлиэтээтэ.

Бары билэрбит курдук, онтон ыла ыйга кыыс оргуһуохтаах ыаҕаһын сүкпүтүнэн турар иччи буолбута үһү.

Санатар буоллахха, хаартыскаҕа түһэрээччи инники таҥхаҕа анаммыт дьикти алыптаах хаартыскалары оҥорбута.

This post was published on 02.03.2020 12:18 12:18