Галина Данчикова: Сокуон ирдэбиллэрин тутуһуҥ

СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Галина Данчикова муниципальнай тэриллиилэр, куорат уокуруктарын баһылыктарын уонна РФ Саха сиригэр толорор уорганнарын салайааччыларын кытта мунньах ыытта. 


Мунньахха СӨ прокурорун солбуйааччы Анатолий Щербаков иһитиннэрбитинэн, муниципаллар сокуону толорууга кэһиилэрэ бэлиэтэнэр. Ордук судаарыстыбаннай сакааһы толоруу хаачыстыбатыгар, бюджет сокуонугар, муниципальнай сирдэри арендаҕа биэриигэ. «Муниципальнай тэриллиилэр Устааптарын толору ирдэбилгэ эппиэттир гына оҥоруу мөлтөх. Буруйу оҥорууну сэрэтии үлэтэ эмиэ намыһах. Ол иһин буруйу оҥоруу көрдөрүүтэ улаатар», — диэтэ кини.

Суут приставтарын федеральнай сулууспатын управлениетын салайааччытын э.т. Наталья Григорьева суут быһаарыыларын толоруу кыһалҕаларын туһунан кэпсээтэ. «Муниципалитеттар суут таһаарбыт уураахтарын толорууга эппиэтинэһи сүгэҕит, онон бэйэҕит боломуочуйаҕытын ситэри толорботоххутун ситиһиннэриэххитин наада», — диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Федеральнай структураларга баһылыктар ыйытыылара элбэх буолла. Бастатан туран, «Сбербаан» уонна «Почта России» тэрилтэлэргэ туһаайылынна.

«Сбербаан» Саха сиринээҕи салаатын управляющайын солбуйааччы Ольга Вольф иһитиннэрбитинэн, 2016 сылга биир да оройуоҥҥа филиаллар сабыллыахтара суоҕа. Эбии филиал арыллыбат, ол оннугар банкоматтар биллэрдик эбиллиэхтэрэ. Холобур, муус устарга Томпоҕо 4 банкомат туруоруллуо, нэдиэлэ 7 хонугар сууккаҕа 24 чаас үлэлиэхтэрэ, ол аата тохтоло суох.

Банкомат кыһалҕатын «Почта России» быһаарар буолла. Ол туһунан СӨ сибээскэ, информационнай технологияларга миниистирэ Александр Борисов эттэ. 2016 сыл бүтүөр диэри «Почта России» POS-терминаллара 160 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа туруохтаах. Галина Данчикова ханнык-ханнык пууннарга туруоралларын испииһэгин биир ыйынан оҥороллорун сорудахтаата.

Баһылыктар аэропортар салгын транспора көтөр-олорор балаһаларын тутуу эбэтэр өрөмүөннээһин боппуруоһун сытыытык туруордулар. «Аэропорты Севера» тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Вадим Волков быһаарбытынан, 2016 сылга аналлаах федеральнай бырагыраама лаппа кыччатыллыбыт. «Билигин ол бырагыраамаҕа бырайыактыыр-сметалыыр докумуоннаах эрэ портар оҥоһуулара киирэ сылдьар. Экспертиза быһаарбытынан, 31 портан 13 эрэ онно баар», — диэтэ салайааччы.

Галина Данчикова мунньаҕы түмүктүүрүгэр баһылыктартан федеральнайдааҕы уонна регионнааҕы сокуоннар ирдэбиллэрин тутуһалларыгар эттэ.

This post was published on 31.03.2016 18:06 18:06